05 Сентября 2014 года, 17:24 |
ЕГОР БОРИСОВ. САЙДЫЫ ПРОГРАММАТА |
28 Марта 2013 года, 15:58 |
Тыа сирин сыла: сүрүн хайысхалар
Кулун тутар 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Егор Борисов улуустар уонна куорат уокуруктарын баһылыктарын кытта мунньахтаата. Мунньахха СӨ Вице-бэрэсидьиэнэ Дмитрий Глушко, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Стручков, СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Юрий Куприянов, Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ уонна СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ кытыннылар.
|
Подробнее
|
Докумуоннар уонна быһаарыныылар |
20 Февраля 2013 года, 18:13 |
Егор Борисов Тиксиигэ сырыытын түмүгүнэн чопчу сорудахтары биэрдэ
Олунньу 18 күнүгэр Егор Борисов Тиксииттэн кэлээт да, вице-бэрэсидьиэн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта уонна дьаһалта салааларын баһылыктара кыттыылаах былаанныыр мунньах ыытта.
|
Подробнее
|
29 Января 2013 года, 20:35 |
Егор Борисов: «Биһигиттэн – саҥа тутуу, эһигиттэн – үлэ көрдөрүүтэ»
Президент Егор Борисов ааспыт нэдиэлэ бээтинсэтигэр, ахсынньы 25 күнүгэр, Өлүөхүмэ улууһугар тиийэ сылдьыыта бүтүннүү социальнай эйгэҕэ, харысхалга тосхоллоох буолла. Ол курдук, тохсунньу дьыбардаах халлаана суһуктуйуоҕуттан киэһэ тоҕус чааска көтөр аалга олоруохха диэри, биирдэ наҕылыччы чэйдээбэккэ, тохтобула суох балыыһа, оскуола эҥэринэн сылдьан итиэннэ икки төгүллээн үстүү чаас кэриҥэ тыа сирин олохтоохторун кытта атах тэпсэн, сирэй көрсөн олорон, сиһилии сэһэргэстэ, туох кыһалҕалаахтарын иҥэн-тоҥон билистэ, быһаарыста.
|
Подробнее
|
16 Января 2013 года, 22:23 |
2013 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бюджет уонна нолуок бэлиитикэтин туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин бюджекка сыһыаннаах Анал этиитэ
Ытыктабыллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара, уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ, судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын сирдээҕи-уоттааҕы уорганнарын салайааччылара! Ытыктабыллаах коллегаларым!
|
Подробнее
|
18 Декабря 2012 года, 21:05 |
Егор Борисов: «Улахан болҕомто оҕо спордугар ууруллуохтаах»
Ахсынньы 15 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Егор Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустууну сайыннарыы боппуруостарыгар спорт общественноһын кытта мунньахтаата.
|
Подробнее
|
27 Сентября 2012 года, 15:42 |
Егор Борисов быһа охсуһар субсидирование уустугун бүтэһиктээхтик быһаарары туруорсар
Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Егор Борисов Дальнай Восток федеральнай уокуругар РФ Президенин Болномуочуйалаах бэрэстэбиитэлин Сэбиэтин уонна Дальнай Востогу сайыннарыыга федеральнай министиэристибэ кэллиэгийэтин бииргэ ыытыллыбыт мунньахтарыгар кытынна.
|
Подробнее
|
27 Сентября 2012 года, 12:11 |
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Егор Борисов балаҕан ыйын 26 күнүгэр Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр саҥа таас оскуоланы аһыы үөрүүлээх тэрээһинигэр эппит тыла
Cаха түөлбэлээн олорор биир кырдьаҕас нэһилиэгин – Баайаҕа ытыктабыллаах дьоно-сэргэтэ, ыччата! Эһигини бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэнинэн, Томтор бөһүөлэгэр саҥа, бэртээхэй тутуулаах таас оскуола үлэҕэ киирбитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
|
Подробнее
|
03 Сентября 2012 года, 17:47 |
Егор Борисов: «Дьон итэҕэйэн, дьиэ-уот туттан эрэр»
Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Егор Борисов социальнай объектары уонна дьиэни-уоту тутуу боппуруостарыгар мунньах ыытта. Мунньахха өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Стручков, вице-премьердэр Феодосия Габышева уонна Павел Маринычев, СӨ Президенин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын баһылыга Юрий Куприянов, министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр, итиэннэ тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар.
|
Подробнее
|
17 Августа 2012 года, 18:40 |
2020-Схеманы саҥаттан көрүү
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Москва куоракка Россия Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Аркадий Дворковичка Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҥорон таһаарар күүһүн, транспорын уонна энергетикатын кэлимник сайыннарыы Схематын олоххо киллэриигэ анаммыт мунньах буолла.
|
Подробнее
|
|
|
|
Страница 1 из 3 |